Ил Дархан Айсен Николаев Россия Конституциятын күнүнэн эҕэрдэлээтэ Биһиги Ийэ дойдубут саамай элбэх омуктаах дойдунан биллэр. Россия Федерациятын Конституцията киэҥ нэлэмэн Россиябыт сиригэр-уотугар биир дойдулаахтарбыт бигэ тирэхтээх уонна сомоҕолоһуулаах буолууларын мэктиэлиир. Дойдубут Конституцията – демократическай сайдыы бигэ олоҕунан, быраап тиһигин төрүөтүнэн, уларыйыы кэлэр тосхолун хайысхатынан, хас биирдии киһи дьоһун олоҕун мэктиэтинэн буолар. Россия Төрүт сокуона дойду олохтоохторун тыын боппуруостарын бары өттүнэн сүрүннүүр. Бу сокуонунан судаарыстыба тутулуга суох уонна биир сомоҕо буолуута, сайдыыта, Россия Федерациятын хас биирдии гражданинын бырааба уонна көҥүлэ быһаарыллар. Биһиги Конституциябытыгар үйэлэри уҥуордаан кэлбит сыаннастарбыт, ол иһигэр сомоҕолоһуу, дойдуга бэриниилээх буолуу, өбүгэлэр үгэстэригэр ытыктабыллаахтык сыһыаннаһыы, дьиэ кэргэн уонна духуобунай төрүттэри тутуһуу, кэлэр кэскилбитигэр итэҕэйии бигэтик сурулла сылдьаллар. Өрөспүүбүлүкэ олохтоохторугар эйэни уонна этэҥҥэ буолууну, үлэҕитигэр-үөрэххитигэр ситиһиилэри, торумнаммыт былааҥҥыт туоларыгар, Сахабыт сирин уонна Улуу Россиябыт туһугар таһаарыылаах үлэни баҕарабын! @nvk_sakha