Ааптар: Надежда Егорова
28.10.2024, 10:00
Хаартыска: "Нефроклиника" архыыбыттан
Бөлөххө киир:
Марфа Николаевна Бурцева – «Нефроклиника» киини төрүттээччи уонна салайааччы, бүөр ыарыылаахтары өйүүр «Тулуур» кэмиэрчэскэйэ суох тэрилтэни тэрийээччи.
-Марфа Николаевна, кэпсэтиибитин үчүгэй сонунтан саҕалыахха. Быйыл сайын «Нефрожизнь» диэн олус суолталаах национальнай бириэмийэни «Нефролига» бырабылыанньатыттан туппутуҥ. Бу туох ис хоһоонноох уонна кимнээххэ бэриллэр бириэмийэний?
-«Нефролига» диэн эрэгийиэннэр икки ардыларынааҕы уопсастыбаннай тэрилтэ баар. Бу Арассыыйа таһымнаах тэрилтэ “Нефрожизнь” диэн бириэмийэтин Саха сириттэн миигиттэн ураты нефролог-быраас, Мэдиссиинэ национальнай киинин нефрологияҕа отделениетын сэбиэдиссэйэ Александр Васильевич Николаев уонна «Нефролига» өрөспүүбүлүкэтээҕи тэрилтэтин өр кэмҥэ салайбыт Михаил Сапожников кэргэнэ Ирина Сапожникова ылбыппыт. Олус соһуччу уонна үөрүүлээх түгэн этэ. Тоҕо диэтэххэ, бу бириэмийэ эмтэнээччилэр билиниилэрин, махталларын туоһулуур. Бүтүн Арассыыйаттан эмтэнээччилэр бэйэлэрэ хандьытааттары түһэрэллэр. Биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр диализка 615 киһи сылдьар. Ону таһынан сорох биир дойдулаахтарбыт бүөрү көһөрүү эпэрээссийэтин кэтэһэннэр атын куораттарга: Кемероваҕа, Новосибирскайга, Волжскайга, Москваҕа, Питергэ көһөн олороллор. Уопсайынан, ханнык баҕарар үрүҥ халааттаах аанньалга ыарыһахтар махтаналлара, өйүүллэрэ -– улахан кыайыы, үрдүк наҕараада, сыанабыл. Ол да иһин, итинник билинии инникитин даҕаны ыарыһах туһугар өссө күүскэ үлэлииргэ көҕүлүүр. Чуолаан биһиги Сахабыт сиригэр бүөр ыарыһах ахсаана аҕыйыырын уонна ыарыыны эрдэттэн быһааран, уорганы көһөрүү наада буоллаҕына, Сахабыт сиригэр кэмигэр көһөрөн, ыарыһахтарбыт үйэлэрин уһатар туһугар үлэлиибит.
-Диализ диэн тугун судургутук быһаардахха?
-Ыарыһах бүөрэ хааны ыраастаабат, аккастаабыт түгэнигэр киниэхэ бүөрү солбуйар терапияны аныыбыт. Маннык терапия бастакы ньыматынан хааны ыраастыыр туһуттан аймах эбэтэр кадавернай (өлбүт киһиттэн) бүөрү уларытыы, көһөрөн биэрии буолар. Иккис көрүҥ — автоматическай перитонеальнай диализ (АПД), ол аата диалиһы дьиэҕэ ылыы.
Дьокуускайдааҕы килииникэбитигэр өрөспүүбүлүкэ дьоно бары көрдөрөр: олорор сирин поликлиникатыттан кэлбит киһи босхо, ону сэргэ төлөбүрдээх өҥө эмиэ баар. Кинилэргэ диализ ананнаҕына, диализ ханнык көрүҥүн туһаныан сөбүн сүбэлиибит.
Дьокуускайга диализ 3 улахан киинэ баар. Ол эбэтэр Диализ киинигэр кини нэдиэлэҕэ үстэ кэлэн, 4-5 чаас устата диализка сытар.
Уопсайынан, ыарыһаҕы диализка анаатахха, кини бастаан социальнай истириэскэ киирэр. Холобур, олорор сиригэр диализ киинэ суох буоллаҕына, кини дьиэтин-уотун, үлэтин, күннээҕи олоҕун быраҕан туран, Дьокуускайга көһөн, Диализ киинигэр эмтэниэн наада.
Өрөспүүбүлүкэбитигэр 3-4 сыл иһигэр дьиэҕэ олорон диализтанар дьон ахсаана элбээтэ. Ыраах улуустарга олорооччулар дьиэҕэ олорор диалиһы туһаныахтарын сөп. Онуоха эмтэнэллэригэр эмтэрин-томторун, ороскуоттуур матырыйааалларын барытын дьиэлэригэр тириэрдэн биэрэбит. Сорохтор эмтэнэ-эмтэнэ үлэлииллэр, биир эмтэнээччибит улуус оскуолатыгар учууталлыы сылдьар. Онон перитонеальнай диализ биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр олус наадалаах ньыма, ону таһынан перитонеальнай диализ арыый сымнаһыар ньыма.
-Лоп курдук 1 сыл анараа өттүгэр улуустар икки ардыларынааҕы диализ киинэ Ньурбаҕа аьыллыбыта. Ити үлэ хайдах, туохтан саҕаламмытай уонна үлэ-хамнас хайдах барарый?
-Биһиги кииммит Ньурба улууһугар отделение арыйбытын туһунан балачча сырдаппыппыт. Ньурбаҕа аһыллыбыт Кииммитигэр Ньурба, Сунтаар, Үөһээ Бүлүү дьоно дьиэлэриттэн чугас кэлэн эмтэнэллэригэр сөптөөх усулуобуйаны тэрийбиппит. Инньэ гынан, атын улуустар эмиэ диализ отделениетын арыйарга туруорсаллар. Онуоха ороскуоттуур матырыйааал ла сыаната ыарахан буолан, ононбүддьүөт систиэмэтигэр үлэлиир улуустааҕы балыыһаларга арыйар кыах суох.
Ньурбаҕа Киин арыллыан иннинэ биһиги “Тулуур” тэрилтэ бэрэстэбиитэллэрин кытары СӨ Судааарыстыбаннай мунньаҕын (Ил Түмэн) дьокутаата Антонина Афанасьевна Григорьеваҕа ыарыһахтар кыһалҕаларын быһаарса, көмө көрдүү кэлбиппит. Кини миигиттэн: “Марфа Николаевна, Ньурба улууһугар диализ киинэ арыллыан сөптөөх дуо?” — диэн ыйытан турардаах.
Мин үлэлиирим тухары «суох» диэн тылы билбэт курдукпун. «Баҕа баар буоллаҕына барыта кыаллыахтаах» диэн үлэлиибин. Онон улуус дьаһалтатыттан көмө, өйөбүл баар буоллаҕына, тоҕо арыллыа суоҕай диэн кэпсэппиппит. Онтон үлэбит саҕаланан барбыта. Баҕа санаабыт олоххо киирэригэр улахан өйөбүлү, көмөнү улуус баһылыга Алексей Михайлович Иннокентьев оҥордо. Бастатан туран, үлэлиэхтээх дьиэбитин булан биэрэн, санитарнай-эпидемиологическай ирдэбилинэн өрөмүөн оҥоһулларыгар үбү-харчы көрбүтэ. Үс улуус олохтоохторугар ананар Киин толору хааччыллыылаах, диализ аппарааттардаахпыт, уу бэлэмниир диэн анал тэрили сакаастаан аҕалан туруорбуппут. Ол аата бу Кииммит ууну ыраастыыр дьоҕус собуот курдук буолар. Биллэн турар, толору кыамтабытынан үлэлээтэхпитинэ, биһиги 60 киһини эмтиир кыахтаахпыт.
-Киһи бүөрэ чуолааан туохтан эмсэҕэлиирий?
-Быраас анааһына суох бэйэлэрэ эмтиэкэлэнэн, төбө, сүһүөх, куртах эмтэрин өр сылларга иһэр дьон баар. Холобур, систэрэ ыарыйдаҕына, ыарыыны аһарда түһэр табылыаккалары иһэллэр. Ону таһынан кыраадыстара таҕыстаҕына, аҕыйах күн ыарыйдылар да антибиотигы иһэн бараллар. Бу барыта бүөр үлэтигэр охсор. Ону таһынан күн аайы аһыыр аспытын кэтэнэн көрүөхтээхпит.
Манна сыһыаран, саахарынай диабет тоҕо элбээтэ диэн ыйытыыга хоруйдуур буоллахха, саахарынай диабеттан бүөр аккаастыыра элбээтэ. Көрдөрүнэ кэлбит эдэр дьонтон ыйыттахха, гаастаах утахтары: кока-коланы, фантаны, саахардаах чэй диэн ааттанар утахтары сөбүлээн иһэллэрэ биллэр. Бу гаастаах утах уопсайынан киһи нооругар охсор. Киһи нооро инсулины оҥорор, онон барыта ситимнээх.
Ону таһынан хаан баттааһынын уонна бүөр ыарыылара эдэримсийэн иһэрэ бэлиэтэнэр. Биһиги тымныы тыйыс дойдуга олоробут, оттон оҕолорбут, ыччаттарбыт муоданы эккирэтэн, наһаа чараастык таҥналлар. Унтууну кэтэр киһи олох аҕыйах. Атахпытын тоҥордохпутуна, инфекция барыта ааһан араҕан биэрбэт (хроническай) ыарыыларга: пиоленефрикка, цистиккэ кубулуйар уонна бүөргэ охсор. Тыа сиригэр дьиэ эрэ барыта тупсаҕай оҥоһуулаах буолбат, таһырдьа туалекка сылдьыы эмиэ сабыдыаллыыр. Аны туран оҕо эрдэхтэн наар ангиналыыр, күөмэйдэрэ ириҥэрэр дьон хайаан да доруобуйаларын көрдөрүөхтэрин наада.
-Бүөрү кытта өссө ханнык ыарыылар ситимнээхтэрий?
-Диализка сылдьар дьону кэтээн көрдөххө, 80 бырыһыаннара саахарынай диабеттаахтар, ол аата эндокринология ыарыылаахтар уонна хааннарын баттааһына үрдүк. Урут диализка үксүгэр 60 саас кэннэ киирэр буоллахтарына, сыл аайы кэтээн көрдөххө, бу ыарыы эдэримсийэн иһэр, үлэлиир кыахтаах 20-40 саастаахтар ыалдьаллар. Бүөр ыарыытыттан киһи хаанын баттааһына үрдүөн сөп. Онон, сүрэх-тымыр, эндокринология ыарыыларын сэргэ, сыстыганнаах, аутоимму́ннай, систиэмнэй (сүһүөх, хаан ыарыылара) биллиэхтэрин сөп. Итинник ыарыылаах киһи бүөрүн эбэһээт көрдөрүөн наада, ол ыарахан сыаналаах лиагностиканы ирдээбэт. Иик, хаан анаалыһа уонна бүөрү, хабаҕы уонна бүөр тэһиинин УЗИ-га уһултарыы эрэ ирдэниллэр.
-Ыарыыны сэрэтэргэ тугу сүбэлиэҥ этэй?
-Эдэр эрдэхтэн бэйэ доруобуйатын харыстаныахха уонна сыл аайы диспансеризацияҕа сылдьыахха. Анаалыс туттаран, туох эрэ уларыйыы баара билиннэҕинэ, киһи бэйэтин доруобуйатын туһугар бириэмэ булан, дьарыктанан, сытыы ыарыытын ааһан араҕан биэрбэт дьаҥҥа кубулуппат курдук бириэмэтигэр эмтэниэхтээх. Бүөрдэрэ аккаастаан ыалдьыбыт дьон кэллэхтэринэ кинилэртэн анамнез хомуйдахпына: «Ыалдьа сылдьыбытым уонна көрдөрбөтөҕүм. Аахайбакка, доруобуйабын көрдөрөргө бириэмэ булбакка манныкка тиийдим» -– диир киһи элбэх. Онон сылга биирдэ, онтон ааспат-арахпат ыарыылаах киһи сылга иккитэ хайаан да хаан, иик уонна тымыртан биохимическай анаалыстары туттарыахтаах, сылга биирдэ УЗИ-га уһуллуохтаах.
Бүөр хааны ыраастыыр эрэ функциялаах буолбатах, киһи организмыгар толорор функцията элбэх: Д битэмиини, эритропоэтин диэн гормону оҥорон таһаарар, хаан баттааһыныгар үлэтэ эмиэ улахан суолталаах. Бүөр организммытыгар натрий, калий, магний, минераллар, электролиттар таһымнарын, төһө тахсыахтаахтарын, хаалыахтаахтарын тэҥниир уорган. Онон биһиги килииникэбитигэр «бүөр -– иккис сүрэх, ону харыстыахтаахпыт» диэн тускулу тутуһан үлэлиибит.
«Нефроклиникаҕа» улахан дьону эрэ буолбакка, оҕолору эмиэ оҕо нефрологтара көрөллөр. Киһи бэйэтин доруобуйатын оҕо сааһыттан харыстыахтаах, оҕолоргут анаалыстарын туттарын, оҕо нефрологар көрдөрүҥ диэн ыҥырыахпын баҕарабын.
Түгэнинэн туһанан эттэхпинэ, Дьокуускайга Лермонтов уулуссатын 83 нүөмэрдээх дьиэтигэр баар килииникэбитигэр 89141166848 нүөмэргэ эрдэттэн суруйтаран көрдөрүөххүтүөн сөп.