Дьокуускайдааҕы "Нефроклиника" ХЭТ Ньурбатааҕы диализнай киинэ аһыллыбыта биир сылыгар аналлаах тэрээһиҥҥэ кытынным. Улуустартан ыарыһахтар Дьокуускайга тиийэн ыйы-ыйдаан диализтарын ылалларын ыарырҕатар буоланнар, Ньурбаҕа маннык киин аһыллыыта биһиги эрэ улууска буолбакка, ыаллыы улуус дьонугар-сэргэтигэр эмиэ үөрүүлээх уонна бэлиэ түгэн буолбута. Үлэлээбит биир сылын устатыгар диализнай киин манна үрдүттэн эмтэниини ааһар ыарыһахтарга абыраллаах эмп тэрилтэтэ буоларын көрдөрдө. "Нефроклиника" ХЭТ салайааччыта Марфа Николаевна Бурцеваҕа уонна диализнай киин бырааһыгар үтүө суобастаах үлэлэрин иһин Махтал суруктары туттардым.